Советы педагога-тьютора Андреева Л.Н.

«Мотоҕоно»
(кырачааннарга тыыныыга эрчиллиилэр)
-Эрчиллиилэр бары толору тыынан баран оҥоһуллаллар.
-Куолас сибигинэйииттэн саҕалаан сыыйа улаатар,
онтон төттөрү кыччыыр.

Уб.төрөппүттэр!
Билиҥҥи кутталлаах ыарыы турбут кэмигэр ,оҕолору тыыныга дьарыктааһын ордук көдьүүстээх дии саныыбын.
Бу тэттик хоһооннору туһанан таба тыынарга эрчиллэбит.
Күн аайы ханнык баҕарар бириэмэҕэ оҕо кыыл саҥатын үтүктэн (оҕо араас кыыл буола оонньуурун олус сөбүлүүр), саҥара сырыттаҕына, бэйэтэ да билбэтинэн таба тыынарга дьарыктанар.Биллэрин курдук, кыыл-сүөл саҥата ийэ кылыһахтаах, өбүгэлэрбит бу ньыманы туһанан уһун тыыннаахтара о.э. улуу ырыаһыттар, олоҥхоһуттар үгүс этилэр.
Ситиһиини баҕарабын!

Иһийэн олорон Кинигэ көрөбүн Истэбин эмискэ Кырачаан кутуйах саҥатын: -ПИ-ПИ-ПИ-ПИ-ПИ-ПИ

Онтон эмискэ Оронум үрдүттэн Оччугуйкаан куоскам Ойон түстэ: -МЯУ-МЯУ- МЯУ-МЯУ- МЯУ-МЯУ

Ааммын аһан Таһырдьа таластым Тиэргэммэр Түргэним Утары сүүрэн кэллэ куоскабар: -АМ-АМ-АМ-АМ-АМ-АМ

Титиикпэр тиийбитим Маҕаачыйым миэнэ Ыанньыйан ыксаан Маҕырыы көрүстэ: -маа-маа-маа-маа-маа-маа

Өрүөстээҕим барахсан Ийэтигэр тиийээри Өрүтэ көтүөккэлиир Иҥсэлээхтик мэҕириир: -мээх-мээх-мээх-мээх-мээх-мээх

Сарсыарда уһуктаат Үүппүн иһээт тиэтэлинэн Сымыыт көрө ойдум. Үргүттүм быһыылаах Эбириэн кууруссабын: -кут-кут-кут-кут-кут-кут...

Арыы сыа төбөлөөх, Мотуок солко бытыктаах, Кыһыл кемүс тараахтаах, Сарсыарда аайы, бөтүүкчээним, Оҕолору утуппакка хаһытыыр: -ө-өө-өөө...

Тарбатарын сөбүлүүр Таптатарын астынар Бадарааҥҥа таалалыыр Чооскум часкыйар: -ХХХХХХХХХХ...

Айыы дьөһөгөй оҕото Сыһыыга хонууга Сыспай сиэллээх сылгыбыт Айаатыыра-кистиирэ иһиллэр: -ань-а-һаа....

Тыыныыгы дьарыктыыр оонньуулар

Оонньуу хаамыыта:
Оҕолор:
Олорон эрэн илиилэринэн көрдөрөн оонньоон аһаабыта буолаллар.
Иитээччи:
«Муостаах коза
Кыра оҕолору көрдөөн
Баран испит, баран испит.
Ким аһаабатаҕы
Үүтүн испэтэҕи
Хааһытын сиэбэтэҕи
Кэйиэм!- диэбит»
(оҕолорго тэйиччиттэн соҕус хааман тиийэн «аһаабатах оҕону», «кэйэр»-кычыгылытар, оҕо саһыгыраччы кулүөхтээх)

Оонньуу хаамыыта:

  Оҕолор төгүрүччү олороллор.Биир оҕо «куоска» буолан ортолоругар турар.Олорор оҕолор тобуктарын аннынан илиилэрин уган «кутуйаҕы» саҥарда-саҥарда төгүрүччү сүүрдэллэр.Ону «куоска» саҥара-саҥара эккирэтиэхтээх, туттаҕына «кутуйахтаах » оҕо «куоска» буолар, оонньуу салҕанар…